Уһун-Күөлгэ улуустааҕы сайыны көрсөр “Сайылык” күнэ

Тыаһакыыс сайылыгар Сунтаар улуһун тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ туруу үлэһиттэрэ, үлэ туйгуннара, албан ааттаах аҕа көлүөнэ дьоно, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ мустан сайылык күнүн кыайа-хото тэрийдилэр.

 

Тыаһакыыс сайылыга — дириҥ историялаах, быйаҥнаах айылҕалаах, сыспай сиэллээх сыыйылла сүүрэр сыһыылардаах, адаар муостаах ааллаан киирэр ходуһалардаах, көтөр кынаттаах сөбүлээн ууһуур күөллэрдээх, күүстээх ураты эйгэлээх ытык сирдэртэн биирдэстэрэ.

 

💐Бастыҥ ыанньыксыттар, ньирэй көрөөччүлэр, тыа хаһаайыстыбатын тутааччылар улуус баһылыгын грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаланнылар, үлэ бэтэрээннэрэ бэлиэнэн биһирэннилэр.


Печать  

Related Articles